Кыайыыны уһансыбыт Павловтар дьиэ кэргэн
Бу кинигэҕэ Павловтар дьиэ кэргэн Улуу Кыайыы туһугар фроҥҥа уонна тыылга киллэрбит кылааттарын туһунан кэпсэнэр. Кинигэҕэ Афанасий Ефремович Павлов фронтан үс сыл устата суруйбут суруктара киирбиттэрэ улахан кэрэхсэбиллээх.
Сир үүнүүтүнэн, киһи - үлэтинэн
Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар К.К.Байкалов аатынан сопхуоска өр сылларга сүөһү иитиитигэр бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбит чемпион үлэһит, өрөспүүбүлүкэ рекордсмена, коммунистическай үлэ удаарынньыга, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун итиэннэ Алтан нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, үлэ бэтэрээнэ Иван Федорович Платонов төрөөбүтэ 70 сылын көрсө олоҕун, үлэтин-хамнаһын, дьиэ кэргэнин туһунан ахтыыларынан, хаартыскаларынан, хаһыат ыстатыайларынан көрдөрүллэр кинигэ бэлэмнэннэ.
Оҕоҕо анаммыт олох
Кинигэ үлэ, тыыл ветераннара, Герой Ийэ, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо, М эҥ э Хаҥалас улууһун «Ытык ыал» Бочуот кинигэтигэр, «Саха сирин кыһыл комүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэҕэ киирбит, 63 сыл бииргэ олорбут, ѳрүү холобурга сылдьар нэһилиэк бастын' ыала Матрена Федоровна, Роман Поликарпович Билюкиннар олохторун кэрчиктэрин, үлэлэрин-хамнастарын сырдатар үѳлээннээхтэрин, оҕолорун ахтыылара киирдилэр
Кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр иэстээхпит
ҮЙЭЛЭРГЭ ѲЙДѲБҮННЬҮК
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун
Алтай нэһилиэгэ
Ѳлѳчѳй бѳһүѳлэгиттэн
Улуу сэриигэ кыттыбыт
буойуннарга ананар
Айар санаам тиһигэ
Хомуурунньукка киирбит айымньылар олоҕу араас муннугуттан ыараннатан көрүү иэйиитипэр уйдаран тахсыбыт санаалар буолпахтара...
Нэһилиэкпит хоһоонньуттарын сэргээн, ааҕыҥ, билсиҥ. Айар кугтаах дьоһун-мааны дьоммут дойдуларын, кэрэ айылҕапарын, дьоннорун-сэртэлэрин ааттата туруохтара диэн эрэнэбит. Айар талааннара өссө сайыннын, сана саҕахтар арыллан истиннэр.